Ахсынньы 19 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу Кыайыы 80 сылынан, бүтүн Россияҕа герой күнүн чэрчитинэн Одьулуун нэһилиэгиттэн Анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыт буойуттарбытыгар ону тэҥэ байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр аналлаах СТЕЛА аһыллыыта буолла.
Стеланы арыйдылар Одьулуун нэһилиэгэ Тыа сирин түөлбэтин баһылыга Ефремова Людмила Васильевна, Улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Дьячковский Афанасий Николаевич уонна анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойун уолаттарбыт дьиэ кэргэттэрэ. Байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр Бочуотунай грамоталар, стеланы оҥорон таһаарбыт дьоммутугар махтал суруктар туттарыллыннылар.
Герой күнэ өспөтүн!
Үгүс үйүлэргэ сылларга!
Аан дойдуга Эйэ эрэ!
Чэчирээтин чэлгийдин!
Кэлбит дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Бука - бары дьоллоох, доруобай буолуоҕуҥ!

