с. Дябыла, ул. К.Маркса, 23 84115124310 saidys2016@mail.ru Пн-Сб 10-18,Обед 13-14

"МҮРҮ - 2025" Абрамовтар дьиэ - кэргэн кыттыыны ыллылар.

Ахсынньы 5 күнүгэр Уус Алдан улууһугар, Тойон Мүрү култуура дыбарыаһыгар 47 төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Мария, Аким Бурцевтар сырдык ааттарыгар аналлаах «МҮРҮ 2025» ырыа куттаах дьиэ - кэргэн күрэҕэр, Одьулуун нэһилиэгин ырыа куттаах Абрамовтар дьиэ - кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар. Матрена Дмитриевна, Илларион Илларионович уонна кыргыттара Варя Винокурова, Алима Егорова.

Өрөспүүбүлүкэ ырыа куттаах 14 дьиэ - кэргэн кыттыыны ылла. Абрамовтар Дипломант III степени, Мария, Аким Бурцевтар оҕолоро туруорбут харчынан бириэмийэлэрин ыллылар.